22:31
Иэйиэхсит

Иэйиэхсит

Иэйэхсит 2-с халлааҥҥа олорор.  Бу дойду сырдыгынан күлүмнээбит, мэлдьи күөх, мэлдьи сылаас.

Суолтата. Иэйэхсит үүнэр айылҕа айыыта. оттор-мастар, кыыллар-көтөрдөр бары кини быйаҥа буолаллар. Иэйэхсит нүөл эттээх-сииннээх кэрэ дьахтар дьүһүннээх буолар.

Иэйэхсит түһэр кэмэ - ыам ыйыгар түһэр, кини сабыдыалынан от-мас көҕөрөр, дьон майгылара тупсар. Бу ыйга төрөөбүттэр аһаҕас, эйэҕэс, амарах буолаллар.

Иэйэхсит оту-маһы, харамайдары, дьону барытын харыстыыр, көмүскэс, олус аһыныгас буолар.

Бу кэмҥэ төрөөбүт оҕолор Иэйэхсит майгытын иҥэринэллэр, эйэҕэс, үтүө майгылаах, кими баҕарар үөрэ-көтө көрсөр, кимҥэ баҕарар сүрэҕэ аһаҕас, көмүскэс, аһыныгас, ыалдьытымсах буолаллар.

Алгыһа. Тоҥмуту ириэр,

Утаппыты иһэрт,

Ааспыты аһат.

Быстыбыты салҕаа,

Кыаммакка көмөлөс,

Умса түһээри гыммыты

Сүүһүттэн өйөө,

Тиэрэ түһээри гыммыты

Кэтэҕиттэн өйөө.

 

Бэлиэтэ. Көҕүөр ойуу. Сорохтор этэллэринэн ынах ойуута, сорохтор дьахтар ойуута дииллэр. Үүнэр күүһү көрдөрөр. Иэйэхсит билиитин Айыыһыт билиитин ылбыт эрэ киһи иҥэринэр. Ити аата кими эмэ таптааһын айылҕаны таптааһын төрдө эбит.

Иэйиэхсит (якут. Иэйиэхсит) — богиня-покровительница женщин. Живёт на восточном небе. Всегда открыта к людям, весела, задорна. Спускается на землю в мае. С её возвращением начинает зеленеть листва, начинается лето. Помогает людям своим волшебным советом, оберегает от злых сил, благословляет приплод скота. Не любит грязь и неопрятность.

Ieyiehsit (Yakut. Ieyiehsit) is the patron goddess of women. Lives in the eastern sky. Always open to people, cheerful, perky. It descends to earth in May. With her return, the foliage begins to turn green, summer begins. He helps people with his magic light, protects them from evil forces, blesses the offspring of cattle. Does not like dirt and untidiness.

Просмотров: 227 | Добавил: alampa_sofronov | Рейтинг: 0.0/0
Всего комментариев: 0
avatar