10:35 Үлэ-иис ыһыаҕа - 2023 | |
3 “Иис. Үлэ ыһыаҕын” үөрүүлээх саҕаланыыта алгысчыт Афанасий Попов алгыһынан саҕаланна. Алгыс алыпаах тылын эккиритиннэрэ “Саһарҕа” эбэлэр үҥкүү бөлөхтөрө оһуордуу хаамсан, үҥкүүлээн эргийдилэр. Таатта улууһун баһылыга Михаил Соров модун Россия норуота күүстээх санаалаах, дойдутун таптыыр, дойдутугар бэриниилээх ыччаттардаах буолан өлөн-охтон биэриэ суоҕа, маннык норуот кыайыылаах эрэ буолар диэн этэн туран, биир дойдулаахпытыгар, төрөөбүт дойду көмүскэлигэр олоҕун толук уурбут, элбэх оҕо аҕатыгар Василий Репиҥҥа, Россия Президенын Владимир Путин уурааҕынан “Орден Мужества” уордьанын кини огдооботугар, улууска ыытыллар көмө акциялар кыттыылааҕар Сардана Репинаҕа туттарбытын, мустубут дьон сүһүөхтэригэр туран махталларын, үөрүүлэрин биллэрдилэр. Салгыы Украинаҕа быстах дьайыыга сылдьар хорсун сүрэхтээх биир дойдулаахтарбытыгар үтүө тыллары анаата уонна “Таатта улууһун общественнай хамсааһыныгар кылаатын иһин” улуус үрдүкү бэлиэлэрин Александра Аммосоваҕа (Дьохсоҕон нэһилиэгэ), Акулина Седалищеваҕа (Дьохсоҕон нэһилиэгэ), онтон Бочуотунай Грамоталары Мария Басоваҕа (Уолба нэһилиэгэ), Галина Семеноваҕа (Уолба нэһилиэгэ), Мария Алексеева (Игидэй нэһилиэгэ), Марфа Нестереваҕа (Игидэй нэһилиэгэ), Мария Блахироваҕа (Уус Амма нэһилиэгэ), Вера Канаеваҕа (Таатта нэһилиэгэ), Махтал суруктары Анна Никифороваҕа (Таатта нэһилиэгэ), Мария Бондареваҕа (Таатта нэһилиэгэ), Клара Ючюгяеваҕа (Дьохсоҕон нэһилиэгэ), Галина Потаповаҕа (Дьохсоҕон нэһилиэгэ) туттарда. Улуус депутаттарын мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Валентин Охотин бу буола турар уустук быһыыга-майгыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар этэҥҥэ эргиллэллэрин туһугар күүс буолар иис ыһыаҕа тэриллибитин тоһоҕолоон бэлиэтээтэ, ыһыах кыттыылаахтарыгар махтанна уонна Махтал суруктары, анал чаһыны Дьохсоҕон олохтооҕор Екатерина Татариноваҕа, “Илии сылааһа” общественнай иис сыаҕын иистэнньэҥэр Екатерина Потаповаҕа (Дьокуускай к.) туттарда. Дьохсоҕон нэһилиэгин баһылыга уоттаах-күөстээх эҕэрдэ тылы анаата, Өксөкүлээх Алампа саҕаттан Дьохсоҕон сиригэр-уотугар дойдуга бэриниилээх буолуу күүһэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэрин, уустук кэмҥэ норуот сомоҕолоһуохтааҕын, бары күүс кыайыы туһугар ананыахтааҕын бэлиэтээтэ уонна “Көмүс сүүтүк” (сал. А.П.Ючюгяева) иистэнньэҥ эбэлэр түмсүүлэригэр Махтал суругу туттарда. Бүккэ Бөтүрүөп киэҥ анаарыылаах хоһоонун аахта. Бэйэтин эҕэрдэтин Тыараһа баһылыга Прокопий Турнин анаата уонна Тыараһа олохтооҕор, “Илии сылааһа” иис сыаҕын иистэнньэҥэр Сусанна Наховаҕа Махтал суругу туттарда. Бу үөрүүлээх түһүлгэҕэ Дьохсоҕон ытык олохтооҕор Иван Бочониҥҥа Саха Өрөспүүбүлүкэтин үрдүкү “Ытык кырдьаҕас”, биэс уон сыл бииргэ олорбут Альбина, Василий Иванович Тарбаховтар, Семен Ючюгяевка анал бэлиэлэр туттарылыннылар.
| |
|
Всего комментариев: 0 | |