10:42 Үлэ-иис ыһыаҕар Таатта хамаандалара | |
Бүгүҥҥү иис түһүлгэтигэр Таатта улууһуттан барыта алта хамаанда кыттыыны ылар. Улууспутугар быстах байыаннай дьайыыларга анаан “Уопсастыбаннай ыстаап” үлэлиир. Ыстаабы улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Алена Гаврильевна Гуляева салайар. Үлэ сыаллаахтык уонна тэрээһиннээхтик ыытыллар. Улуус олохтоохторун, тэрилтэлэр көмөлөрүнэн мал-сал, эмп-томп, үп-харчы хомуллан, улахан көмө оҥоһуллар.
Бу күһүҥҥүттэн улууспут ийэлэрин, эбэлэрин көҕүлээһиннэринэн таҥастар, “Эр хоһуун” анал таҥас кэмпилиэктэр тигилиннилэр. Маныаха иистэнньэҥнэрбит “Эр хоһуун” кэмпилиэги тигиигэ “Илии сылааһа” уопсастыбаннай иис сыаҕын (сал. Ирина Саввина) маастар-кылааһыгар сылдьан үөрэммиттэрэ. Улуус нэһилиэктэрэ бүттүүн харысхал сеткалары, “бубликтары” тигии аахсыйаларыгар көхтөөхтүк кытыннылар, кытталлар. Харысхал сеткалар Айыл Дьулурҕа салайар “Саха Сирэ эһигинниин” ыстаапка туттарыллан, быстах байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар ыытылыннылар.
Биир дойдулаахтарбытыгар көмө оҥорор сыаллаах ыһыахха, Уус Амма нэһилиэгин “Алгыс” (сал. Антонина Григорьева), Дьохсоҕон нэһилиэгиттэн “Көмүс сүүтүк” (сал. Анджелла Малышева), “Кыптыый” (сал. Валентина Петрова), Тыараһа нэһилиэгиттэн “Сүүтүк” (сал. Марфа Пономарева), Таатта нэһилиэгиттэн “Харыстаана” (сал. Анна Никифорова), “Ситим” улуустааҕы (сал. Аграфена Готовцева) састааптаах хамаандалар илиилэрин сылааһын, ийэлии истиҥ санааларын иистэригэр иҥэрэн, уолаттарбытыгар анаан тигиэхтэрэ.
Норуот күүһэ- көмүөл күүһэ! | |
|
Всего комментариев: 0 | |