22:51 Одун, Чыҥыс | |
Одун, Чыҥыс
Одун ахсыс халлааҥҥа олорор. Бу халлаан алгыс былытыгар көтөҕүллэн турар. Суолтата. Одун аата ахтылыннаҕына, алгыска мэлдьи маннык этэллэр: Одун хаан оҥоһуута... одун Хаан дьылҕаны дьиҥнээҕин оҥорор. Одун бу көннөрү харахха көстөр, көннөрү билиигэ биллэр эйгэни үөскэтэр. Онон кини Орто дойдуну үөдүппүт күүс буолар. Чыҥыс Аан дойду хамсыыр, эргийэр сокуонун олохтообут. Бэлиэтэ. Одун бэлиэтэ түөрт муннук. Түөрт муннук Орто дойдуну көрдөрөр. Ити иһигэр кыра төгүрүк кииннээх. Кини иччини бэлиэтиир. Чыҥыс бэлиэтэ кэрдиис ойуу. Ити ойуу айылҕаҕа буолар хамсааһыннар эргиирдэрин, намтыылларын, үрдүүллэрин көрдөрөр. Одун уонна Чыҥыс аан дойдуну үөскэтэр төрүт күүстэргэ киирэллэр. Одун – аан дойду буор кута. Чыҥыс – аан дойду салгын кута. Түһэр кэмэ. Одун олунньу ыйга түһэр.
Одун Хаан (якут. Одун Хаан) — бог, живущий на восьмом небе. Спускается на землю в феврале. Изобретатель, помогает людям сооружать дома, изобретать новое. Также, является творцом судьбы. Odun Haan (Yakut. Odun Haan) is a god who lives in the eighth heaven. It descends to earth in February. Inventor, helps people build houses, invent new things. Also, he is the creator of fate. | |
|
Всего комментариев: 0 | |