22:53 Үрүҥ айыы | |
Үрүҥ айыы
Үрүҥ Айыы тохсус халлааҥҥа олорор, бу халлаан бэйэтэ туспа дойду буолар эбит. Ити дойду айыылар дойдуларын барытын хабан көрдөрөр, кини алгыска көтөҕүллэн турар. Көннөрү харах көрбөт, көннөрү кулгаах истибэт. Үрүҥ Айыы оҕолоро аҕыс Айыылар, ону ааһан иччилэр. Алгыһа. Көхсүттэн көнтөстөөх Күн киһитэ көмускэс, арҕаһыттан тэһииннээх Айыы киһитэ аһыныгас буол. Суолтата. Үрүҥ Айыы аан дойдуну тутан турар. Ити тутан турар күүһэ алгыс диэн ааттанар. Үрүҥ Айыы тайаҕын орто дойдуга батары бырахпыт. Ол тайаҕа – сэргэ. Сэргэ саха киһитэ айыылары итэҕэйэрин бэлиэтэ буолар. Киһи дьылҕатын Үрүҥ Айыы салайар эбит. Айыыларга барылагрыгар ханнык эмэ туом оҥоһуллар. ити аата Айыылары кытта сибээстээһин бэлиэтэ. Туомнартан саамай улаханнара ыһыах дэнэр. Ыһыах Айыыларга эрэ ананар. Сэттэ Айыы Сэлэһэр кэмэ, Тоҕус Айыы Тоҕуоруһар кэмэ – диэн ыһыаҕы туойан кэбиспиттэр. Түһэр кэмэ. Үрүҥ Айыы бэс ыйыгар түһэр.
Юрюнг Айыы тойон (др. имя Юрюнг Тойон Айыы) (якут. Үрүҥ Аар Тойон, Үрүҥ Тойон Айыы) — творец мира, других айыы, демонов абасы, духов иччи, людей, животных и растений. Он глава небес и богов. Он живёт на девятом небе, которое представляется как прекраснейшая страна, где нет зимы, растёт белая трава, подобная крыльям белого лебедя. Он воплощается в образах белого жеребца или орла.
Yuryung Ayyy toyon (other name Yuryung Toyon Ayyy) (Yakut. uruҥ Aar Toyon, uruҥ Toyon Ayyy) is the creator of the world, other ayyy, demons of abasa, spirits of ichchi, people, animals and plants. He is the head of the heavens and the gods. He lives in the ninth heaven, which is presented as the most beautiful country where there is no winter, white grass grows like the wings of a white swan. He is embodied in the images of a white stallion or an eagle. | |
|
Всего комментариев: 0 | |