Ахсынньы — Билгэ Хаан ыйа
Сыл бүтэһик ыйа ахсынньы саҕаланна. Ахсынньы 21 күнэ саамай кылгаһынан биллэр. Айылҕа бүтүннүү утуйар. Бүтэй кэм диэн буолар.
Битэ-билгэтэ
Ахсынньы сөҥүүтэ суох буоллаҕына, эмиэ оннук саас, сайын турар. Ахсынньыга тымныыны сэргэ, хаардаах, тыаллаах-куустаах буоллаҕына, сайынын үүнүүлээх буолар.
Ахсыннньы 1 күнэ — бу күн хайдах буолар да, кыһын эмиэ маннык.
Ахсынньы 9 күнэ — Лэгэнтэйэп күнэ. Дьыл чиэппэрэ. Кыһыны туоруур аһы-үөлү, оту-маһы суоттанарга биир кэрдиис бэлиэ кэм.
Ахсынньы 12 күнүгэр буурҕа түстэҕинэ, ахсынньы 19-гар диэри сэттэ хонуктаах силлиэ түһэр.
Ахсынньы 19 күнэ — кыһыҥҥы Ньукуолун. Бу күн тымныы буоллаҕына, сайынын өлгөм үүнүүнү күүтүллэр.
Ахсыннбы 25 күнэ — Испирдиэнэп күнэ. Бу күнтэн саҕалаан күүстээх тымныылар түһэллэ ... Читать дальше »