Бу хоһоону Дьохсоҕон нэһилиэгин "Куорсун" литературнай түмсүү ытык киһитэ эбээ Валя кэргэнигэр Иван Григорьевичка анаан суруйбута.Онтон хоһооҥҥо мелодияны биир дойдулаахпыт, коллегабыт Роман Иванов-Далан Уус айда. Бу ырыаны истээччилэргэ тиэрдэргэ, музыканы тупсарар аранжировкаҕа биһиги нэһилиэкпит Алампа аатынан Норуот айымньытын дьиэтин директора И.С.Жараева истиҥ баҕа санаатыттан, биир дойдулаахтара Эбээ Валя хомоҕой хоһоонугар күндү кэргэнигэр анаан таптал-махтал тылларын тиспитин, дууһаны долгутар ылбаҕай ырыаһыт Р.Иванов кэрэ ырыаны айан таһаарбыта норуокка тарҕаналларын туһугар, бэйэтиттэн харчынан үбүлээн ырыаны таптааччыларга кэрэхсэбиллээх бэлэх буолан тарҕанна. Бу ырыа уостан түспэт норуот таптыыр ырыата буоларыгар баҕарабыт уонна кинини көтүппүт күндү дьоммутугар барҕа махталбытын тиэрдэбит! Бастакы толорооччу Сардаана Трофимова-Көмүс нарын-намчы куолаһынан олус истиҥник,ис сүрэҕиттэн  ыллаабытын дуоһуй ... Читать дальше »

Просмотров: 164 | Добавил: alampa_sofronov | Дата: 18.01.2023 | Комментарии (0)